Page 137 - Саха тыла 1 кылаас
P. 137
Б
Баараҕай — кээмэйинэн, көстүүтүнэн олус улахан, олус бөдөҥ.
Баҕар — ис сүрэххинэн, өйгүнэнсанааҕынан туохха эмэ дьулус, тардыс.
Байдам — өлгөм, дэлэй, кэччэгэйэ суох. Балаһа — туох эмэ тайаан сытар сирэ. Биэтэк — сырсан күрэхтэһиигэ куоталаһар сир бүтүүтэ.
Болҕой — тугу эмэ үчүгэйдик өйдүүр курдук өйгүн түмэн иһит эбэтэр көр.
Болдьох — эрдэттэн ыйыллыбыт, этиллибит кэм.
Бугул — охсуллубут от обургу гына үрүт үрдүгэр чөмөхтүү ууруллубута.
Бутугас — ууга, үүккэ эбэтэр сүөгэй уутугар сэлиэйдээн, кииһилэ эбэтэр үөрэ отун эбэн оҥоһуллар утах.
Бырдах — киһи, сүөһү хаанын уулуур дыы гынас саҥалаах кынаттаах үөн; кумаар. Быырпах — ынах үүтүн аһытан көөнньөрөн оҥорбут утах, ынах үүтүн кымыһа. Бэрдьигэс — ситэ илик кыра бэс.
137