Page 135 - Саха тыла 1 кылаас
P. 135
Бы ́аарыылаах тылдьыт
А
Аалай — сыпсырдык кытархай, тэтэркэй (өҥ). Аба — улахан кыһыы, кыйаханыы, хомойон, өһүргэнэн кыйыттыы.
Абаҕа — киһиэхэ аҕатын бииргэ төрөөбүт убайа.
Аҕасбалыс — эдьиийдиибалыстыылар. Адаҕа — ат атаҕар кэтэрдиллэр модьу боҕуу мас.
Ай — өйгүттэн саҥаны булан, оҥорон таһаар. Айа — кылыынан эстэр булт сэбэ.
Аймах — биллэр биир төрүттээх дьон. Алаас — тыа тулалаах сыһыы, хонуу сир. Аламаҕай — киһиэхэ эйэҕэс сыһыаннаах, элэккэй.
Алаһа — төрөөбүтүөскээбит дьиэуот. Албас — тугу эмэни ситиһиилээхтик оҥо рорго туттуллар ураты ньыма, сатабыл. Алгыс — кимиэхэ, туохха эмэ үтүөнү, сити һиини баҕарыы.
Алҕас — соруйан оҥоһуллубатах сыыһа. Алтан — кыһыллыҥы өҥнөөх, тапталлымтыа тимир.
135