Page 136 - Саха тыла 1 кылаас
P. 136

Амарах — аһыныгас үтүө санаалаах. Киһиэхэ үчүгэйи эрэ саныыр.
Амынньыар — мас синньигэс лабаата, му­ туга.
Анды — хара дьүһүннээх, умсаахтааҕар бы­ дан улахан, тумсугар хохуоралаах, кыһыл атахтаах үөл кус бииһэ.
Аньыы — куһаҕаны, сэмэлэнэр быһыыны оҥоруу.
Анньыы — мууһу көйөргө, ойбон алларарга аналлаах сытыы уһуктаах тимир.
Аргыар — тымныы салгын, тымныы тыал. Арҕас — кыыл, сүөһү сиһин илин өттө, ба­ лык көхсө.
Арҕах — сир анныгар эһэ кыстыыр уйата. Ардьаах — 1. Синньигэс мастарынан оҥоһул­ лубут оһох иннинэн үөһэ турар долбуур. 2. Собоҕо уонна атын бөдөҥ балыкка анал­ лаах туу.
Аппа — уу хаспыт уһун оҥхой сирэ.
Атаах — наар ньирэмсийэр, баҕатын бары­ тын толорторо сатыыр идэлээх.
 136
     
























































































   134   135   136   137   138