Page 46 - Саха тыла 1 кылаас
P. 46
7. [дь] дорҕоон буукубатын аннынан тарт. Этиилэри уһул.
1. Собо туутун ардьаах* диэн ааттыыллар. 2. Убаҕас, кыра бэһи бэрдьигэс* дииллэр. 3. Кырдьык үрдүгэр сымыйа ыттыбат, арыы үрдүгэр уу дагдайбат.
y Бэлиэтэммит тыллар суолталарын быһаа рыылаах тылдьыттан бул.
y Кыра хатыҥ аатын суруй, паапкаҕар ук. 8. Ыйытыыларга хоруйдаа.
1. Өссө ханнык маарыннаһар бүтэй дор ҕооннору биллиҥ?
2. Хайалара икки буукубанан бэлиэтэнэ рий?
9. Буочаргын тупсар.
Дьэдьэн, чааскы, дьааһык, чыркымай.
10. Алаһа диэн тыл суолтатын быһаарыы лаах тылдьыттан бул.
11. Тылы дорҕоонунан ырыт.
Дьикти — ... дорҕоон, ... буукуба, ... сүһүөх.
46