Page 48 - Саха тыла 1 кылаас
P. 48
СИТИ¤ИИБИТИН СЫАНАЛАНАБЫТ,
БИЛИИБИТИН БЭРЭБИЭРКЭЛЭНЭБИТ
1. Бүтэй дорҕоону саҥарарга:
а) салгын иҥнибэккэ тахсар;
б) салгын иҥнэр.
2. Хоһуласпыт бүтэй дорҕоон:
а) икки тэҥ бүтэй дорҕоон кэккэлэспитэ;
б) икки тустуспа бүтэй дорҕоон кэккэ лэспитэ.
3. Сэргэстэспит бүтэй дорҕоонноох тылла- ры бул.
Дулҕа, чахчы, дуоска, ыттар, түннүк, туллук.
4. Маарыннаһар бүтэй дорҕооннору бул. а) [п][к], [м][т], [л][д], [нь][й];
б) [х][ҕ], [с][һ], [н][ҥ], [ч][дь].
5. Адаҕа диэн тыл суолтатын быһаарыы
лаах тылдьыттан бул.
6. «Тыа тулалаах сыһыы, хонуу сир» хан- нык тыл суолтатай?
а) Алаас; б) алаһа.
48