Page 94 - Саха тыла 1 кылаас
P. 94

9. Таабырыннары таай.
1. [б] дорҕоонтон саҕаланар [н] дорҕоо­ нунан бүтэр сүүс биэс тимэхтээх тойон баар үһү. 2. [м] дорҕоонтон саҕаланар [к] дорҕоонунан бүтэр кыната суох көтөр, атаҕа суох сүүрэр баар үһү. 3. К буукубаттан са­ ҕаланар Х буукубанан бүтэр чыычаахтар кө­ төөрү өндөҥнөһөллөр үһү.
10. Хартыынанан дьыктааны суруй.
11. Аах. Биири талан эҕэрдэтэ толкуйдаа.
1. Саҥа дьыл — көрдөөх бырааһынньык. 2. Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэрэ. 3. Ийэ күнэ.
4. Кыайыы күнэ.
5. Ыһыах — саха норуотун бырааһынньыга.
y Бу бэлиэ күннэргэ дьоҥҥун хайдах эҕэр­ дэлээччигиний?
     94
        

























































































   92   93   94   95   96