Page 95 - Саха тыла 1 кылаас
P. 95
Паараласпыт тыллар
Сороҕор икки тыл холбоһон биир өй дөбүлгэ туттуллаллар. Маннык тыллары паараласпыт тыллар диэн ааттыыбыт. Сурукка дэпииһинэн бэлиэтэнэр.
Х о л о б у р : от-мас, сир-дойду, тыас- уус, үлэ-хамнас, ырыа-тойук, кэлэр-ба- рар, оҥорор-тутар, булар-талар, сүү- рэр-көтөр, киэҥ-куоҥ, нарын-намчы, эриэн-элэмэс.
1. Аах. Паараласпыт тыллары булан суруй. Тыа, сирдойду, үпас, массыына, мээчик,
үөрүүкөтүү, булчут, нарыннамчы, малсал.
2. Тыл ситимнэрин суруй.
1. ... отмас. 2. ... ырыатойук. 3. ... көрөр
истэр. 4. Эриэнэлэмэс ... .
3. Паараласпыт тыллары ситэрэн суруй.
1. Саҥа... . 2. Тыас... . 3. Барыы... . 4. Дьол... . 5. Күлүү... .
95