Page 25 - САХА ТЫЛА 2 КЫЛААС 1 ЧААҺА
P. 25
1. Фишканан бэриллибит тыллары сүһүөхтэргэ араар.
yyХайдах араардыҥ?
2. Этиилэргэ баар тыллары сүһүөхтэргэ арааран
уһул.
Күһүҥҥү тыа көмнөҕө* Көмүс ардах буолар: Көстөр сир, ыллык* бөҕө Көтөҕөнөн* туолар.
Кусхаас, чыычаах — барыта Күннээх сиргэ күрэнэр,
Оҕо аймах ырыата Оскуолаҕа дьиэрэйэр.*
yyСүһүөх туһунан тугу өйдөөтүҥ?
yyБэлиэтэммит тыллар суолталарын быһаарыылаах
тылдьыттан бул.
3. Ыйытыыга хоруйдаа.
Тыл сүһүөхтэргэ хайдах арахсарый?
4. Буочаргын тупсар.
Кинигэ — киһи өйдөөх сүбэһитэ.
25