Page 27 - САХА ТЫЛА 2 КЫЛААС 1 ЧААҺА
P. 27
yyБиир сөбүлээбит көтөрүҥ туһунан хоһоонно айар га холон, паапкаҕар ук.
9. Ал±аґа суох уһул.
1. Күһүн хаас үөһэнэн айаннаатаҕына — хаар уһуннук түспэт. 2. Тиит мас көтөҕөтүн эрдэ түһэр дэҕинэ — өҥ дьыл буолар.
10. Кэпсэтиилэри аах. Хоруй арааһын кытта билсис.
1. — Таня, уруучукалааххын дуо? — Баар.
— Миэхэ, баһаалыста, уларыс эрэ.
— Ээ, дьүөгэбэр уларсан бөҕө буоллаҕа дии.
2. — Петя, миигин кытта киинэҕэ барсыаҥ дуо? — Суох. Алигы кытта барсабын.
— Оо.
3. — Коля, ханна бардыҥ?
— Онно эн туохха наадыйдыҥ?
Хайдах саҥараргыттан
Харда ылыыҥ тутулуктаах. Сэмээр этиэҥ — сэһэргэһиэ, Баргыытыаҥ да — баргыытаһыа.
Айыл
yyЭйэҕэстик саҥарыы туох суолталааҕый? yyЭйэҕэс эппиэт туох туһалааҕый?
27