Page 117 - Саха тыла 3 кылаас 1 чааһа
P. 117
араҕас көмнөҕүнэн сир үрдүн бүрүйэр. Оттон саас, ыам ыйын иккис аҥаарыгар, тиит мас мутукчалара тыллан, тыа иһэ барыта мутукча сытынан дыргыйар. Тыаҕа үүнэр бары мастартан бу мас тымныыны саамай тулуйугастара.
Дьон, тиит мас бу хаачыстыбатын үрдүктүк сыаналаан, араас тутууга тутталлар.
yyСуруйбуккун бэйэҥ бэрэбиэркэлээ.
yyТиит маһы хаартыскаҕа түһэр, ойуулаа, паапкаҕар ук.
11. Бу түгэни махтал тыллары туттан салҕаа.
I. Эрчим уруучукатын умнан кэлбит. Табаарыһа Айтал киниэхэ ордук уруучукатын уларсыбыт.
II. Кырдьаҕас киһи куоракка тыаттан киирбит. Саха киһитин көрсөн, түһүөхтээх ыалын аадырыһын ыйыппыт. Киһитэ эйэҕэстик ыйанкэрдэн биэрбит.
III. Ийэм дьүөгэтэ докумуон эккирэтиһэ бараары кыра оҕотун ханна да хаалларар сирэ суох буолбута. Ийэм көрө хааларга сөбүлэспитэ. Дьүөгэтэ соторусотору кии- рэн махтанар.
IV. Ааныска эмээхсин соҕотоҕун олорор. Дьиэтинуотун сууйарыгар, маһынмууһун киллэрэригэр ыарырҕатар. Онус кылаас үөрэнээччилэрэ нэдиэлэ аайы уочаратынан баран көмөлөһөн кэлэллэр. Ааныска барахсан сэргэх кэп- сээннээх, сылаас астаах көрсөр.
V. Балбаара кыыґа балыыґа±а киирдэ. Сμрμн эмэ суо ±унан эмтиэкэлэри кэрийдэ да булбата. Ыала Татыйаастан булан, о±ото μтμірдэ. Онон Татыйааска махтала улахан.
yyМаннык түгэннэргэ дьоІІо төһө махтана±ыный? yyЈссө ханнык түгэннэргэ махтал тылларын туттуохха
сөбүй?
117