Page 119 - Саха тыла 3 кылаас 1 чааһа
P. 119
3. Сирэй солбуйар ааттары фишка көмөтүнэн бул. Мин— , , , -
.
yyБэриллибит сирэй солбуйар ааттары туттан, этиитэ тол куйдаан суруй.
4. Тиэкиһи 3с сирэй биир ахсааныттан кэпсэнэр курдук уларытан уһул.
СЈБҐЛҐҐР ДЬАРЫГЫМ
Туһахтыырбын, балыктыырбын олус сөбүлүүбүн. Саас дьоммун кытта үрэххэ балыктыы барааччыбын. Онно үксү гэр күстэх балыгы хаптарабын.
Күһүн отоннуурбун сөбүлүүбүн. Хаар түспүтүн кэннэ хабдьыга, куобахха туһахтааччыбын.
Өссө хаартыскаҕа түһэрэрбин, бэчээттиирбин сөбү лүүбүн. Убайым хаартыскаҕа түһэрэрин көрөн үөрэммитим. «Кодак» фотоаппаратынан түһэрэбин.
Сөбүлүүр дьарыгым үөрэхпэр мэһэйдээбэт. Хата, ил лэҥ кэммин туһалаахтык атаарарбар көмөлөһөр.
5. Сирэй солбуйар ааты ырыт.
Эйиэхэ төһөлөөх элбэх оҕо үөрэнэн ааспыта буолуой!
6. Ыйытыыга хоруйдаа.
1. Ханнык ыйар солбуйар ааттар баалларый?
2. Ыйар солбуйар аат тугу көрдөрөрүй?
3. То±о ыйар уонна сирэй солбуйар аат дэнэрэ буо-
луой?
119