Page 125 - Саха тыла 3 кылаас 1 чааһа
P. 125
13. Бу түгэни махтал тыллары туттан салҕаа.
Күһүн, күөл саҥа тоҥон эрдэҕинэ, Байдам хаҥкылыы киирдэ. Үгүстүк эргийдэ, сүүрдэ, ыстанна. Эмискэ муус тоһунна. Байдам ууга баар буола түстэ. Булумахтанабу- лумахтана хаһыытаата. Улахан кылаас үөрэнээччитэ көрөн быыһаата.
Байдам киниэхэ махтанна.
yyМаннык түбэлтэ хатыламматын туһугар оҕолорго тугу сүбэлиэҥ этэй?
yyМаннык түгэҥҥэ хайдах махтаныаІ этэй? Сирэй солбуйар аат
Сирэй солбуйар аат хайааһыны көрдөрөр саҥа чааһын кытта биирэлбэх ахсаанынан, үс кэминэн ситимнэһэр.
1. Болҕойон аах. Туох уратылаахтарый? Ааспыт
1с. Мин турбутум
2с. Эн турбутуҥ
3с. Кини турбута
Биһиги турбуппут Эһиги турбуккут Кинилэр турбуттара
1с. Мин турабын
2с. Эн тураҕын
3с. Кини турар
Биһиги турабыт Эһиги тураҕыт Кинилэр тураллар
БилиІІи
125