Page 126 - Саха тыла 3 кылаас 1 чааһа
P. 126
1 с. 2 с. 3 с.
Мин туруом Эн туруоҥ Кини туруоҕа
Биһиги туруохпут Эһиги туруоххут Кинилэр туруохтара
Кэлэр
yyОлор, үөрэн туохтуурдары бириэмэнэн уларыт.
2. Тиэкиһи аах. Туохтуурдары бул, сирэйин, ахсаанын
ый.
Кыһын хайаттан хатыыскалаан түһэ оонньуубут. Биир- дэ онно тобукпун иһэлитэн* кэбиспитим. Ийэм мөхтө:
— Бу үлүгэр тымныыга тоҕо бачча өр хатыыскалыы- гын?
— Доҕотторум өссө да хааллылар. Мин тоҥоммун кэл- лим.
— Ыстааҥҥын бу туохха хайыттыҥ?
— Хайаттан түһэ сылдьан, мас мутугар иҥнэн, тоҕо тартым. Өссө Ваня атаҕын өлөрдө.
Ийэм этэр:
— Сэрэнэн оонньуур буолуоххутун.
yyБэлиэтэммит тыл суолтатын быһаарыылаах тылдьыттан бул.
yyИккис этиини саҥа чааһынан, этии чилиэнинэн ырыт.
3. Солбуйар ааттары фишкалар көмөлірүнэн суруй, тугу көрдөрөллөрүн ый.
126