Page 128 - Саха тыла 3 кылаас 1 чааһа
P. 128

 8. Тылы дорҕоонунан ырыт.
Оонньуур — ... дорҕоон, ... буукуба, ... сүһүөх.
9. Этиини этии чилиэнинэн, саҥа чааһынан ырыт. Ыраас күн сири­дойдуну көмүс сардаҥатынан дуйдаата.
10. Кинилэртэн диэн тылга ханнык тыллар саспытта- рый?
11. Аахпыттан суруйуу.
ИЙЭ ҐЈРҐҐТЭ
Никиталаах Володя — доҕордуулар. Биир кылааска үөрэнэллэр. Никита сотору­сотору дьоно киниэхэ тугу атыыласпыттарын кэпсиир, көрдөрөр.
Володялаах бэһиэлэр. Ийэтэ ыалдьар, аҕата соҕотоҕун үлэлиир.
— Мин мопедым эргэрдэ диэбиппэр, дьонум ылан биэриэх буоллулар, — Никита омуннуран кэпсиир.
— Убайым эргэ бэлисипиэтин оҥостон мииниэм, — Володя хоруйдуур.
Кини дьиэтигэр тиийэн ийэтигэр этэр:
— Ийээ, мин сайын оттоһуом уонна хамнаспынан саҥа мопед атыылаһыам, сөп дуо, ийээ?
Ийэтэ сөбүлэһэр.
Володя ити сайын оттосто. Хамнаһын үс мөһөөх харчы- ны ылла. Кини, ийэтин үөрдээри, ийэтигэр көстүүм атыы­ ласта. Ийэтэ олус үөрдэ. Оҕотун кууһан туран сүүһүттэн сыллаата.
 128
     



















































































   126   127   128   129   130