Page 129 - Саха тыла 3 кылаас 1 чааһа
P. 129
yy«Ийэм сырдык мичээрэ» тиэмэҕэ уруһуйда оҥор, паап каҕар ук.
12. Аах.
Оҕолор учууталлара Мария Васильевна киирэн кэллэ. Кини тайахтарыгар өйөнөн турар оҕонньордоох эмээхси- ни көрдө уонна, оҕолорго сулбу хааман кэлэн, улаханнык кыыһырбыт куолаһынан эттэ:
— Туруҥ эһиги мантан, туох буолбут оҕолоргутуй!
yyМария Васильевна туохтан кыыһырдай? Оҕонньордоох эмээхсин хаһан махтаныахтара этэй?
yyКырдьаҕастарга хайдах сыһыаннааххыный? Солбуйар аат
Солбуйар аат араастара: сирэй (ким? туох?), ыйар (ханна? ханнык?), ыйытар (тоҕо? хайдах?)
1. Тиэкиһи аах. Солбуйар ааты бул. ТУРУЙА
Мин кыра эрдэхпинэ, дьонум биир туруйаны ииппит- тэрэ. Ол маннык этэ. Таайым Уйбаан үлэлии сылдьан, туруйа оҕотун булбут. Кинини тутан ылан суумкатыгар ук- тан, дьиэтигэр аҕалбыт.
Туруйа оҕотун дьиэ иһигэр ыыппыттара. Кини маҥнай утаа киһиттэн куотара. Онтон улам үөрэнэн, куоппат буол
129