Page 35 - Саха тыла 3 кылаас 1 чааһа
P. 35

8. Этиини саҥа чааһынан, этии чилиэнинэн ырыт. Күһүн балаҕан ыйыттан эһэ кыстыыр арҕаҕын хастар.
9. Бэриллибит тылга хайа тыллар саспыттарый? видеомагнитофон
10. Сэрэтиилээх дьыктаан.
Юралаах Яша — доҕордуулар. Кинилэргэ туйгун үөрэх­ тэрин иһин оскуола путёвка анаабыта. Сайын Юра Юрма- ла куоракка, Яша Ялтаҕа сынньаммыттара. Юра балтыгар Любаҕа юла, быраатыгар Лёняҕа дьуос оҕото кэһиилээх кэлбит. Яша ийэтигэр Мария Сергеевнаҕа түү былаат аҕалбыт. Убайыгар Егорга олбуом бэлэхтээбит. Уолаттар дуоһуйа сынньаммыттарын туһунан дьонноругар үөрэ­көтө кэпсээтилэр. Быйыл өссө күүрэн* үөрэнэргэ сүбэлэстилэр.
yyБэлиэтэммит тыл суолтатын быһаарыылаах тылдьыт- тан бул.
yyҮһүс этиини саҥа чааһынан, этии чилиэнинэн ырыт. 11. Хоһоону аах.
Дьону кытта үлэлииргэ,
Дьон санаатын түмэргэ, Сатаан сааһылаан саҥарыахха, Салаҥ тылы туттумуохха.
Айыл
yyЭлбэх киһи иннигэр санааҕын үллэстибиттээххин дуо? yyЭтэр тылгын төһө сааһылаан саҥара±ыный?
 35
      























































































   33   34   35   36   37