Page 37 - Саха тыла 3 кылаас 1 чааһа
P. 37

5. Күөх сах диэн өйдөбүл суолтатын быһаарыылаах тыл- дьыттан бул.
6. Кинигэлэри диэн тылы састаабынан ырыт.
7. Этиини тыллар ситимнэригэр араар.
Үрүҥ кырса туундаратын таптыыр.
8. Ханнык тыллар саспыттарый? атастыылар
9. Көрдөрүүлээх­сэрэтиилээх дьыктаан. МАўНАЙГЫ ХАМПА¤ЫЫТАР
Марк Николаевич Жирков — саха маҥнайгы хампаґыы­ тара. Кини муусуканы кыра сааһыттан таптаабыта. Муусу­ каҕа дьоҕурдаах саха уолун Москваҕа үөрэххэ ыыппытта- ра. Үөрэҕин ситиһиилээхтик бүтэрэн, төрөөбүт Сахатын сиригэр кэлбитэ. Марк Жирков икки операны, икки бале- ты, сүүһүнэн ырыаны айбыта. Кини айымньыларын норуот сөбүлээн истэр.
Марк Жирков үтүө аата умнуллуо суоҕа. Саха сирин ускуустубата сайдарыгар кини өҥөтө сүҥкэн улахан.
yyИккис этиини саҥа чааһынан, этии чилиэнинэн ырыт. yyСаха мэлэдьиистэрин туһунан иһитиннэриитэ оҥорон
паапкаҕар ук.
10. Бииргэ үөрэнэр оҕолоруҥ иннигэр дойдуҥ, оскуолаҥ, кылааһыҥ туһунан сэҥээрдэр гына кэпсээ.
yyДо±отторуІ сэґэІІин хайдах сыаналаатыларый? Сіп­ сіґі±μн дуо? Санаа±ын суруй.
 37
      





















































































   35   36   37   38   39