Page 44 - Саха тыла 3 кылаас 1 чааһа
P. 44

Тыл састааба
Тыл уларыйбат чааһа олоҕо, уларыйар чааһа сыһыарыыта дэнэр. Сыһыарыы ахсаана олус эл- бэх. Сыһыарыы аһаҕас дорҕоонунан 4 араастаах. Холобур: -лар, -лор, -лэр, -лөр.
-лар — элбэх ахсаан, -лаах — туохтааҕы көр­ дөрөр сыһыарыылар. Тыл олоҕор сыһыарыы эбил- лиитин маннык бэлиэтээ: оҕо + лор.
 Тыл олоҕо
сүөгэй арыы остуол ойуур
Сыһыарыыта
+ тэн
+ га
+ лааҕар + дааҕар
1. Тыллары элбэх ахсааҥҥа уларыт.
Чоппууска, биэ, бөрө, оҕо, бочугурас, эмп, өтөх, от,
сылабаар, бэдэр, көтөр, хотой.
yyТыллары састаабынан ырыт. Тугу бэлиэтии көрдүҥ? yyТыллары туохтаах? диэн ыйытыыга хоруйдуур гына
уларыт.
2. Тыллары састаабынан ырыт.
1. Күнү, күнүнэн, күнтэн. 2. Дьиэни, дьиэҕэ, дьиэттэн. 3. Табаны, табаҕа, табаттан. 4. Кинигэни, кинигэҕэ, кини- гэттэн. 5. Туой, туойга, туойтан.
yyТыллар ситимнэригэр киллэртээ.
Х о л о б у р : сааскы күнү, төрөөбүт күнүнэн, чаҕыл күнтэн.
 44
      















































































   42   43   44   45   46