Page 46 - Саха тыла 3 кылаас 1 чааһа
P. 46
күлүмнэс оҥорбут төгүрүк көлүйэлээх. Арҕаа өттө сырыын ньа, илин өттө дэхси буолан, көрөргө сүрдээх үчүгэй.
Көлүччэ кытыытыгар биир сиртэн үүнэн тахсыбыт үс аарыма хатыҥнаах. Маҥан туостара күҥҥэ туналыйар, күөх сэбирдэхтэрэ, хойуу лабаалара иилистэн хаалан, биир сомоҕо* күөх былыт курдуктар. Үһүөн хаґан да арахсыс пат үс бырааттыы уол ыгыта куустуһан туралларын сана- таллар. Туох эрэ дьиктини, ким эрэ сүрэҕин ыар бааһын, ким эрэ ааспатарахпат аһыытын, ким эрэ ыраас ыра са- наатын, хайыта барбыт эттэригэр кистээн баран, мэл дьэспиттии, дьиппиэрэн* тураллар. Ким билиэй, баҕар, оннук да буолуо.
yyБэлиэтэммит тыллар суолталарын быһаарыылаах тыл- дьыттан бул.
yyМаІнайгы этиини этии чилиэнинэн, саҥа чааһынан ырыт.
10. «Аукцион». Бэриллибит тылга сыһыарыыта эбэн, уһун тылла таһаар. Ким бүтэһик эппит — кыайыы лаах.
куобах
11. Хоһоону аах.
Мөккүөр, омун үлүскэнигэр, Кыыһырсыы кыраай уһугар Кэлин кэмсиммэт туһугар Саҥарыаҥ иннинэ санаан көр.
Айыл
yyМаннык түгэҥҥэ түбэстэххинэ, хайдах тахсаҕыный? yyБэйэҕин төһө хонтуруолланааччыгыный?
46