Page 50 - Саха тыла 3 кылаас 1 чааһа
P. 50
гастыҥы муруннаах. Кыра бэйэтэ дырайбыт* уһун наскы- лаах атахтаах. Кылгас хойуу кутуруктаах.
Маҥнай биһигиттэн соһуйан, ойон турда. Кырачаан туйаҕын тоһугуратан, эһэм диэки сүүрдэ. Убайым кулун- чукка сылаас уу иһэртэ.
Сотору кулунчук биһиэхэ үөрэннэ. Мэниктиэн баҕаран, өрүтэ ыстаҥалаата.
yyКулунчугу ойуулуур чааһы өйтөн суруй. yyБэлиэтэммит тыллар суолталарын быһаарыылаах тыл-
дьыттан бул. 12. Аах.
Физкультура уруогар кылаас икки хамаандаҕа хайдан, хас да этээптээх эстэпиэтэҕэ күрэхтэспиттэр. Түмүк ааҕыы тын кэнниттэн иккис хамаанда икки очукуонан бастакы хамаанданы баһыйбыт. Бастакы хамаанда хапытаана, сөп сөспөккө, утары хамаандатын хапытаанын кытта мөккүһэн барбыт:
— Эһиги биһигини балыйдыгыт.
— Суох. Биһиги чиэһинэйдик кыайдыбыт.
— Суох. Дьиҥинэн, биһиги кыайбыппыт. Судьуйалар,
эһиги диэки буолан, очукуону эһиэхэ аахтылар. Бүтэһик биэтэккэ тэҥҥэ тахсыбыппыт.
— Суох. Биһиги Васябыт атаҕа эрдэ тахсыбыта.
— Суох, тэбистэҥнэр этэ. Судьуйалар балыйдылар.
yyБу түбэлтэттэн эйэ дэмнээхтик тахсар гына кэпсэтиини салҕаа.
yyМаннык түгэҥҥэ дьону төһө өйдүүгμнμй? yy«Кэмкэрдии ааґыа±а, арай этиллибит тыл хаалыа±а»
диэн Лев Толстой этиитин хайдах ійдμμгμнμй?
50