Page 51 - Саха тыла 3 кылаас 1 чааһа
P. 51
Тыл састааба
Этиигэ тыл атын тылы кытары ситимнэһэригэр уларыйар өлүүскэтэ уларытар, оттон атын тылы таһаарар сыһыарыы үөскэтэр сыһыарыы дэнэр.
Холобур: таба + ҕа, таба + ґыт. Сыһыарыы эбиллиитин + бэлиэнэн бэлиэтээ.
1. Сомоҕо тыллар сыһыарыыларын ситэрэн уһул, суол- таларын быһаар, этиилэрдэ толкуйдаа.
Сүрэҕэ айаҕ + ... таҕыста; тыл + ... турар; тыл + ... маппыт; кыһыл тыл + ... кынаттанар; уу + ... тааһы бырахпыт курдук; харыйа + ... таҥнары соспут курдук киһи; орой + ... көрбүт.
2. Диалогу ситэрэн аах.
— Мин эһиги + ... сии кэллим. Халаабыс + ... киирэ охсуҥ!
— Тохтуу түс, тойоммуот! — дииллэр оҕо + ... .
— Таҥара + ... үҥэ түһүөх + ... көҥүллээ.
— Чэчэ! Аччыктаан ыксаатым, сыа + ... эти сиэбэтэҕим
сыл биэс хонно, — диэтэ.
— Пахай да, биһиги олус көтөх + ...! Эн билигин тар-
быйах + ... сиэн баран, биһиги + ... уойбуппут кэннэ сиэххин хайдаҕый?
— Дьэ бэдик + ..., күрээн хаалаайаҕыт, — диэн ба- ран, тахсан сыһыы орто + ... дьоруолуу* турда.
«Дьэрэкээн оҕолор» остуоруйаттан
51