Page 64 - Саха тыла 3 кылаас 1 чааһа
P. 64

12. Быһаарыылаах суруйуу.
Э¤Э ТУ¤УНАН
Саха сиригэр киэҥник тарҕанан хара уонна хагдаҥ* эһэлэр үөскүүллэр. Хагдаҥ эһэлэр кугас, кытархай, са­ һархайдыҥы эбэтэр хап­хара өҥнөөх буолаллар. Кинилэр сайын үксүн үрэхтэр сүнньүлэрин кэрийэллэр. Сискэ*, хара тыаҕа отон бустаҕына тахсаллар. Күһүнүгэр кыс­ тыыр сирдэрин тастарыгар, өрүстэр, үрэхтэр, үрүйэлэр үрдүлэригэр уонна эргэ куруҥҥа* киирэллэр. Үчүгэйдик уойбут эһэлэр кыһын алта аҥаар ый утуйаллар.
А. Пахомовтан
yyБэлиэтэммит тыллар суолталарын быһаарыылаах тыл- дьыттан бул.
yyЭнциклопедияттан эһэ арааһын туһунан бул, бэлиэтэн, паапкаҕар ук.
13. Аах.
Катя кыыс быыстапкаҕа кыттаары оҥорбут оҥоһугун дьүөгэтигэр көрдөрөр. Дьμігэтэ кірііт:
— Уой, наһаа үчүгэй дии! Үлэҥ олус табыллыбыт: быһыыта, өҥө, матырыйаалын наардаабытыҥ, билиҥҥи кэмҥэ наадалааҕынан. Быыстапкаҕа миэстэлэһииһиккин! Миигин үөрэтээр дии.
— Баһыыба! Үөрэтиэм, кэлээр.
yyХайҕал диэн дьон үлэтин, ситиһиитин сыаналааһын. Ханнык түгэннэргэ хайҕалы туттуохха сөбүй?
yyХайҕал тылларын төһө тутта±ыный? yyБэйэІ хай±аммыт тμгэниІ туґунан суруй.
 64
      





















































































   62   63   64   65   66