Page 65 - Саха тыла 3 кылаас 1 чааһа
P. 65

14. Ардыгар киһи санаатын өрө күүрдээри, киһи сүргэтин көтөҕөөрү хайгыыллар.
I. — Ийээ (эбээ), бэрэскибит наһаа да табыллыбыт! Эн эрэ бэрэскиҥ минньигэс!
— Баһыыба, тоҕойуом! Өссө сиэ.
II. — Үтүө күнүнэн, ийээ! Бүгүн олус да кыраһыабай буолбуккун!
— Махтанабын, уолчааныам, үтүө тылларыҥ иһин.
III. — Убаай, ааспыт сырыыга алталаах төгүл табы­ лыыссатын үөрэппиккин түргэнник өйдөөбүтүм. Бүгүн сэт­ тэлээҕи үөрэтэрбэр көмөлөс эрэ.
— Сөп. Көмөлөһүөм.
yyКим кими туох иһин хайҕаабытый?
yyХардары хоруйдаах хайгыыр тиэкистэ суруй.
yyКиһи санаатын өрө күүрдэр, сүргэтин көтөҕөр хайҕал
тыллары төһө туттаҕыный?
yyМаннык хайҕал тыллары тоҕоостоох кэмин көрөн тутта
үөрэн.
65
   




















































































   63   64   65   66   67