Page 77 - Саха тыла 3 кылаас 1 чааһа
P. 77

Аат тыл
Идэни көрдөрөр аат тыл ­һыт сыһыарыы көмө­ түнэн үөскүүр.
­һыт сыһыарыы арааһын өйгөр хатаа: -чыт, -сыт, -дьыт, -ньыт. Хайааһыны уонна киһи ту- ругун көрдөрөр аат тыллар эмиэ бааллар.
1. Сыһыарыы көмөтүнэн саҥа тылларда үөскэт.
  -һыт
   -чыт
  -сыт
  -дьыт
   -ньыт
   таба
 ас
тайах
  оһуор
 айан
 үлэ
  булт
 табах
 уруһуй
  дьэдьэн
 туу
   кус
  сурук
  сонор
   отон
 2. Этиилэри аах. Бэлиэтэммит тыллары болҕойон көр.
1. Саха тылыгар суругунан үлэ буолла. 2. Ааспыт нэ­ диэлэҕэ остуол оонньуутугар куоталаһыы буолан ааста. 3. Бүгүн төрөппүттэргэ мунньах буолар. 4. Учууталбыт иллэҥ кэммитин туһалаахтык атаарарбытыгар саҥа оон- ньуу үөрэттэ.
yyТугу бэлиэтиир аат тылларый?
yyИккис этиини саҥа чааһынан, этии чилиэнинэн ырыт.
3. Тыллары аах, дор±оон фишкатынан бэлиэтээ.
Үөрүү, хомолто, кэлэйии, кыыһырыы, мунчаарыы, күү­
рүү, күлүү, дуоһуйуу, астыныы, баҕарыы.
yyӨссө ханнык тыллары билэҕиний?
77
     

































































   75   76   77   78   79