Page 79 - Саха тыла 3 кылаас 1 чааһа
P. 79

10. Этиини тыллар ситимнэригэр араар. Суоппар эмискэ туормастаата.
11. Ытарҕалаах диэн тылга саспыт тыллары бул. 12. Хоһоону өйтөн суруйарга бэлэмнэн.
13. Аах.
СОППОЙООНО
Тиэхээн уолчаан соппойор, Табах тардан оппойор. Сүрүн, сүрүн!
Табах дьаата хаарыйан, Тииһэ кытта саһархай. Сүрүн, сүрүн!
Хааланар бөппүрүөскэ, Хаһаас уктар испиискэ. Сүрүн, сүрүн!
Табах туохха буортутун Тиэхээн билбэт буолбутун Доҕотторо өйдөтүҥ, Дьаһал ылан, тохтотуҥ!
Виктор Башарин
Ардыгар киһи санаатын өрө күүрдээри, сүргэтин көтө­ ҕөөрү хайгыыллар.
Петя дьыктааҥҥа «2» сыананы ылан хомойдо. Учуута- ла Мария Ивановна уоскутар:
79
      






















































































   77   78   79   80   81