Page 108 - Саха тыла 3 кылаас 2 чааһа
P. 108
Быґаарыылаах тылдьыт
Алаарыйан — элбэххэ аралдьыйан, тугу да аанньа арааран көрбөт буолбут, мээнэ көрөр.
Аман өс — кэскиллээҕи этэр истиҥ тыл.
Болбукта — намыһах умнастаах, хойуу мутукчалаах киһи сиир эриэхэлээх бэс бииһэ үүнээйи (нууч. Кедро- вый стланик).
Илбийэр — тугунан эмэ (хол. сиппииринэн) харбаан ыраастыыр, сиппийэр.
Кынатын куурта — ханна эрэ бараары бэлэм буолла. Нэк — эргэрбит куобах тириитэ таҥас.
Омурҕан — сиргэ сылдьан (хол. окко) аһыыр уонна
сынньанар кэм, тохтобул.
Субай хаан — сылгы хаанын иһиккэ туруордахха үөһэ
чэҥкийэн тахсар өһөҕө суох ырааһа; сылгы оннук ыраас хаанын оһоҕоһугар кутан буһарыллыбыта.
Сутука — талах, иирэ хастанар хаҕа, хатырыга.
Сындыыс хайа (сыыр) — өрүс, үрэх кытылын батыһа барар намыһах хайа.
Сыҥаһа орон — эркиҥҥэ сыһыары оҥоһуллубут орон. Сэлии муоһа — уу оҕуһун муоһа (аһыыта).
Таалан — туох эмэ үчүгэйигэр тартаран, астынан, на-
лыйан хамсаабакка сытыы (туруу, олоруу).
Табык холорук — сүүнэ улахан лаһырҕастаһырҕас
тыастаах, куһаҕаҥҥа түһэр дьулааннаах аан холорук. Талах олоппос — талахтары өҕүлүннэрэн оҥорбут өйөнөрө суох, намыһах (үрдүгэ отуттүөрт уон сэнтимиэ-
тир кэриҥэ) олоппос.
Таҥара кийиитэ (бот.) — бытархай сырдык күөх си-
бэккилээх, кыра сэбирдэхтээх, намыһах хонуу сибэккитэ.
108