Page 109 - Саха тыла 3 кылаас 2 чааһа
P. 109
Тииҥ мэйии — мындыр, киитэрэй өйдөөх киһи.
Тоҥот туруйата — харалдьык тахсыыта, дулҕа төбөтө хараарыыта кэлэр эрдэһит туруйа.
Тооппоор (тойон) аһыҥа — көтөрүгэр кыыбырҕас тыас таах күөх эбэтэр бороҥ дьүһүннээх улахан аһыҥа.
Туйах хатарааччы — ким эмэ үтүө майгытын, үлэтин хамнаһын, олоҕун утумнааччы, салҕааччы.
Туруук таас — сиртэн уһулу ойон тахсыбыт курдук турар олус туруору таас хайа.
Тыҥ хатыыта — сарсыарда халлаан саҥа сырдаан арыллан эрдэҕинэ.
Уолах тиит — орто улахан тиит.
Үкэр куйаас — наһаа сыралҕана суох, сылаас, чуумпу халлаан.
Үүт тураан — барыытакэлиитэ, тыаһаууһа суох, чуумпу. Үрүҥ тунах — үрүҥ ас.
Хайа иччитэ — эбисийээнэ.
Халлаан сиксигэ — халлаан кырыыта, саҕах.
Чигди — элбэхтик тэпсиллэн кытааппыт хаар (хол., тиэргэҥҥэ; суолга).
Чуор мутук — хаппыт киил мутук.
Ычык ойуур — иһирик, ыркый.
Эрдэҕэс оҕо — обургу буолбут, сүүрэ сылдьар оҕо
(3—5 саастаах).
Ээҕин этитэр — моһуйан туран буруйун билиннэрэр. Өрө барда — киһи этэрин истибэтэ, эбии утарыласта.
109