Page 127 - Саха тыла 4 кылаас 2 чааһа
P. 127

   6. Тыллар олохторун бул.
Аҕабыт, асчыт, хонууга, алааска, муостаах.
7. Тэнийбит этиилэри ый.
а) Уот тигинэччи умайар.
б) Маайа төрдүс кылааһы бүтэрдэ. в) Сулустар умайаллар.
г) Күөлгэ кустар уста сылдьаллар. д) Тигээйи тигэр.
8. -сыт сыһыарыылаах тыллары бул.
а) балыксыт б) суруйааччы в) үөрэнээччи
г) тэрийээччи д) ырыаһыт е) масчыт
ж) отчут
з) иитээччи и) атыыһыт
9. Аат тыл ханнык ыйытыыга хоруйдууруй?
а) Ким? Туох? б) Ханнык? Хайдах? в) Тугу гынар?
10. Аат тылы бул.
1. Кыстык хаар түстэ.
2. Оҕолор саҥа хаарга сырса оонньоотулар. 3. Хаарга куобах суолун көрдүлэр.
11. Солбуйар ааты ый.
1. Мин үлэлиирбин сөбүлүүбүн.
2. Кинилэр бэҕэһээ кэлбиттэр.
3. Биһигини бырааһынньыкка ыҥырбыттар. 4. Кини ийэтин олус күндүтүк саныыр.
5. Эн сарсын бараар.
12. Туохтуур ханнык ыйытыыга хоруйдууруй?
а) Тугу гынар? б) Хайыыр? в) Ким? Туох? г) Хайдах?
127
      










































































   125   126   127   128   129