Page 128 - Саха тыла 4 кылаас 2 чааһа
P. 128

  13. Даҕааһын аат ханнык ыйытыыга хоруйдууруй?
а) Ким? Туох? б) Ханнык?
в) Хайдах?
г) Тугу гынар? д) Хайыыр?
14. Ахсаан ааты бул. а) сүүрбэччэ
б) биир
в) сайыҥҥы
г) тиэргэн д) отут үс е) уон биир
ж) сүүс
з) биригэдьиир и) ыраас
15. Этии тутаах чилиэннэрин бул.
а) Коля, Витя уонна Надя уруоктарын ааҕаллар. б) Биһиги тыабытыгар куобах элбэх.
в) Үчүгэй, ойуулаах уонна кэпсээннээх кинигэни
оҕолор таптаан ааҕаллар.
г) Тыраахтар үлэҕэ таҕыста.
д) Биһиги мусуойга, тыйаатырга уонна быыстап­
каҕа сырыттыбыт.
е) Биһиги бүгүн бэрт элбэҕи көрдүбүт, иһиттибит,
биллибит.
16. Этии ойоҕос чилиэннэрин бул.
1. Ийэм ыраас тэтэрээти биэрдэ.
2. Күүстээх ардах курулатта.
3. Үөрэхтээх киһи элбэҕи билэр.
4. Мин саҥа хаһыаты ааҕабын.
5. Киэһэ оскуолаҕа дискотека буолар.
6. Дьэдьэни, отону, сугуну күөрчэххэ куталлар. 7. Мин бүгүн ыллыгынан быһалыы кэллим.
8. Убайым ахсыс кылааска үөрэнэр.
 128
       






































































   126   127   128   129   130