Page 130 - Саха тыла 4 кылаас 2 чааһа
P. 130

 Бы ́аарыылаах тылдьыт
Атыҥырыыр — туорарҕатар, саҥа көрбүтүн сөбүлээ­ бэт.
Дүөдэ — ойуур иһигэр онон­манан уулардаах, талах­ таах, оттоох сир.
Көлөөх — тугу да кыайбат, сатаабат.
Куйуур — саас ойбон алларан балыктыыр тэрил. Кумуйар — илиини­атаҕы хомуйан, ньүксүччү туттуу. Кус быһый, ат бөҕө — олус сытыы, күүстээх киһи. Кылыс — уһун, сытыы быһах.
Нуһараҥ — күһүн биитэр саас хаардаахха буолар
ичигэс, сылаас.
Өрө турда — утарыласта.
Өйүгэр көтөн түстэ — эмискэ өйдүү биэрдэ, санаа
булла.
Өрө көтө түстэ — улаханнык үөрдэ, сэргээтэ.
Өс киирбэх — итэҕэйимтиэ, тылы истимтиэ, эппит
хоту, санаабыт хоту сылдьар.
Өс саҕа буолар — кыйаханар, кыыһырар, тырыттар. Салааскатыгар олорто — албыннаата.
Санаата алдьанна — абарда, кыыһырда, уйадыйда. Санаата кэлэн — иэйэн, тартаран, сөбүлээн. Саппай уопсан — букатын чугас батыһан ситиэхчэ
буолан иһэр.
Санныттан түһэрбэт — мэлдьи кэтэ сылдьар, ула­
рыппакка кэтэр.
Силигэ сиппит — онто­манта барыта толору сиппит. Силигилиир — муҥутуурдук сириэдийэ сиппит, көҕөр­
бүт­наҕарбыт.
 130
   













































































   128   129   130   131   132