Page 131 - Саха тыла 4 кылаас 2 чааһа
P. 131

Силин быһа ыйыстар — наһаа баҕарар, ымсыырар. Сиппиир — харбыыр миинньик.
Сир түннүгэ киһи — улахан өйдөөх, билиилээх, бөлү­
һүөк киһи.
Сирэйэ­хараҕа сырдаабыт — үөрбүт­көппүт, чэпчээ­
бит.
Сүргэтэ көтөҕүллүбүт — үөрбүт, санаата көтөҕүллү­
бүт, санаата күүһүрбүт.
Тириитин таһынан истэр — букатын сөбүлээбэт. Тииҥ мэйии — кыраны да умнубакка өйдүү сылдьар,
умнугана суох киһи.
Сүрэҕэ айаҕар таҕыста — сүрдээхтик куттанна. Сыыдам — түргэн туттунуулаах, суһаллык ону­маны
гынар, оҥорор, кэлэр­барар.
Сэллии­сэллии — мөлтүү­мөлтүү.
Тиэрбэс — туох эмэ синньигэһинэн иэҕэн оҥорбут
төгүрүк.
Туйаҕын хатарбыт — үчүгэй быһыытынан­майгытынан,
кыайыытынан­хотуутунан, сатабылынан ким эрэ курдук. Тумсун дулҕаҕа соттор — мэлдьэһэр, билиммэт. Туохха да уурбат — сыаналаабат, улахан баҕайы
диэбэт.
Тылбай­өспөй буол — чобуоххай, эт­тыын, тылга
тииспит курдук буол, көмүскэс.
Тыҥ хатыыта — сарсыарда халлаан сырдыыта. Тымныы муоһа тостор — улахан тымныы мөлтүүр,
намырыыр.
Тыын ыл — сынньан, уоскуй.
Тэллэх баттаһа — ыкса ыаллыы, ыкса чугас (олорол­
лор).
Уйатыгар уу киирдэ — ыксаата, куттанна.
131
   








































































   129   130   131   132   133