Page 132 - Саха тыла 4 кылаас 2 чааһа
P. 132

Уурбут­туппут курдук — сөрү­сөптүк; бэйэтигэр сөрү­ сөп, оруобуна сөп түбэһэр.
Уоспутунан үллэстиэҕиҥ — кими да матарбакка, тэҥҥэ үллэрэн, тута аһаан кэбиһиэҕиҥ.
Уот харахха — оруобуна, сөрү­сөпкө, лоп бааччы.
Харалдьык — саас, хаар бастаан ууллуутугар, эниэлэр күн өр көрөр өттө, томтор сир хаара ууллан хараарбыта. Хорҕолдьун — үрүҥ өҥнөөх дьэбиннэрбэт, ууллумтуо
металл (нууч. олово).
Чүөмпэ — күөл, өрүс, үрэх ордук дириҥ уута, улахан­
нык дириҥиир сирэ.
Ытаһа — тугу эмэ кытаатыннараары, туллубатын диэн,
кыбытар мас.
Ырбыы — саас муус барыыта кытыл ыксатынан дьир­
биилии дьуххарбыт уу.
Элгээн — өрүс таһыгар баар, уһун синньигэс дириҥ
күөл.
 132
    




















































































   130   131   132   133   134