Page 24 - Саха тыла 4 кылаас 2 чааһа
P. 24

Туохтуур кэлэр кэмэ
Туохтуур кэлэр кэмэ буолуохтаах хайааһыны көрдөрөр. Тугу гыныа? хайыа? диэн ыйытыыга хо­ руйдуур. Кини ахсаанынан, сирэйинэн уларыйар.
  Сирэйэ
  Биир ахсаан
  Сирэйэ
   Элбэх ахсаан
   Мин
туруом
  Биһиги
 туруохпут
 Эн
  туруоҥ
  Эһиги
   туруоххут
   Кини
 туруо
   Кинилэр
  туруохтара
 1. Тиэкиһи аах. Туохтуурдар ханнык кэми көрдөрөллө­ рүн быһаар, сыһыарыыларын ый.
ОСТУОРУЙА¡А СУОХ КУОРАТ
Биһиги Сахабыт сирин хоту өттүгэр — кылгас сайын­ наах, тыйыс тымныылаах, уһун кыһыннаах сиргэ — саҥа дьикти куорат тутуллуо.
Бу куорат олохтоохторо тымныы диэни букатын би­ лиэхтэрэ суоҕа, кыһыннары­сайыннары чараас таҥаһынан сылдьыахтара.
Дьиэлэрэ, тутуулара барыта чэпчэки үрүттээх, чараас эркиннээх, кэрэ дьүһүннээх буолуо. Оннук дьиэлэр, оһох­ торо суох эрээри, сүрдээх ичигэс буолуохтара. Куорат, биир дэхси ичигэс салгыннаах буолан, уулуссаларыгар мэлдьитин сибэкки чэлгийиэ, күөх от үүнүө.
Николай Якутскай
yyМанна кэпсэнэр куорат тоҕо остуоруйаҕа суох куора- тый?
 24
      








































































   22   23   24   25   26