Page 25 - Саха тыла 4 кылаас 2 чааһа
P. 25
yyТутууга үлэлиир дьон идэлэрин суруй, паапкаҕар ук. 2. Таабырыннары таай. Кэлэр кэмҥэ турар туохтуурдары
бул. Сирэйин, ахсаанын быһаар.
1. Кэллэрбин эрэ кэпсиэм, төннөрбөр төрүт саҥарыам суоҕа диир баар үһү. 2. Соруннарбын эрэ субурутуом, хамнаатарбын эрэ хайытыам диир баар үһү. 3. Турдарбын халлааҥҥа тиийиэм диир баар үһү. 4. Миигинэ суох ханна да олоруоххут суоҕа диир баар үһү. 5. Испэр киириэҥ — мэҥиэстиэм, таарыйан ааһыаҥ — таптайыам диир баар үһү. 6. Хараҕа суоҕу харахтыам диир баар үһү.
3. Паараласпыт туохтуурдары кэлэр кэмҥэ уларытан, этиилэри ситэр.
1. Сээркээн Сэһэн оҕонньор оҕолорго анаан _____ _____. 2. Айтал куоска оҕолорун __________. 3. Сайыҥҥы сынньалаҥмар, ийэбэр көмөлөһөн, оҕуруокка __________. 4. Кэлэр күрэххэ кыайар туһугар __________. 5. Эһиги саҥа аһыллыбыт мусуойу __________. 6. Оҕолор ийэлэрин туһугар __________.
yyТуохтуурдар сирэйдэрин, ахсааннарын ый. 4. Туохтуурдары бул, кэлэр кэмҥэ уларыт.
Бириэмэ ааһан испитэ. Оҕолор от сэбирдэҕэ муҥутаан сиппит, сиэмэтэ уонна аһа толору буспут кэмнэригэр наа далаахтарын хомуйан испиттэрэ. Күһүн эмтээх оттор си листэрин, умнастарын хомуйбуттара. Дьиэлэригэр эмтээх оттору итиигэ эбэтэр тыал сайа охсор сарайыгар, хоһугар куурдубуттара. Оттон бүктах барбатын курдук, чараас гына таҥаска тарҕатан хатарбыттара. Күһүн оҕолор араас
25