Page 28 - Саха тыла 4 кылаас 2 чааһа
P. 28

 14. Тылынан, суругунан ыҥырыы хайдах буолуон сөбүй?
Тылгын­өскүн чочуйан, бииргэ үөрэнэр оҕолоргун тө­ рөөбүт күҥҥэр ыҥырарга холонон, кылаас иннигэр тахсан эрчилин.
yyДоҕотторгун хайдах ыҥырбыккын сыаналан. Туохтуур кэлэр кэмэ
Туохтуур кэлэр кэмэ хайааһын билигин эбэ­ тэр хойут буолуохтааҕын көрдөрөр.
1. Туохтуурдары бул, ыйытыыта туруор.
Биһиги сарсын Аммаҕа барыахпыт. Онно тиийэн кэн­ сиэр көрдөрүөхпүт. Күүспүтүн холонон, успуорт араас кө­ рүҥэр күрэс былдьаһыахпыт. Амма үтүөкэн дьонун кытта билсиһиэхпит. Кэрэ миэстэлэрин көрүөхпүт.
2. Туохтуурдары кэлэр кэмҥэ сирэйинэн, ахсаанынан уларыт.
Түс, быс, сүүр.
3. Аах. Туохтуурдары бул, кэмин ый.
1. Сайыҥҥы сарсыарда интэринээт түннүгүнэн таты­ йык ырыата кутуллар. 2. Барабыайдар лабааттан лабааҕа түһэ­түһэ көтөллөр. 3. Мин ооҕуй ситимин таарыйабын. 4. Күтэр хороонун күрдьэҕинэн салгыы хаһаҕын. 5. Үөһэт­ тэн ыраас уулаах үрэҕи көрөбүт. 6. Сааскы күнтэн, ча­ ҕылхай сырдыктан үөрэҕит­көтөҕүт.
  28
      























































































   26   27   28   29   30