Page 29 - Саха тыла 4 кылаас 2 чааһа
P. 29

yyТуохтуурдары кэлэр кэмҥэ уларыт. 4. Туохтуурдары туһанан, этиитэ оҥор.
Кэлиэм, биэриэм, суруйуом, бултуом.
5. Туохтуурдары кэлэр кэмҥэ уларытан уһул.
Сылаас күннэр буолаллар. Дьиэ таһыгар чыычаах ырыа­ та элбиир. Оҕолор таһырдьа оонньоон айманаллар. Мин лааҕырга сынньанабын. Онно араас оонньууну тэрийэбит. Саҥа ырыалары үөрэтэбит. Сайын аҕам оттуур. Убайым кинини кытта сылдьыһар. Мин ийэбэр көмөлөһөбүн.
6. Тыллар ситимнэрин буолбат хайааһыҥҥа уларыт.
Түргэнник сүүрүө, кэһиилээх кэлиэм, соһуйа көрүөхтэ­ рэ, тииһиҥ ыалдьыа, учууталга этиэхпит, киинэҕэ барыах­ хыт.
yyСирэй солбуйар ааты кытта ситимнээ.
7. Туохтуурдары бул, кэмин, ахсаанын, сирэйин ый.
1. Сарсыҥҥытыгар дьикти үчүгэй күн буолла, оҕоло­ рун батыһыннаран, кус ууга барда. (Г. Андерсен) 2. Нина ньирэйи таптыыр: имэрийэр, сотор, тарыыр. (Р. Баҕатаа- йыскай) 3. Ойуур олоҕун сокуонугар эһигини үөрэтиэм. 4. Мэ­ ник куобахчаан кирис гынар. (Н. Якутскай) 5. Биэс ынах­ таах Бэйбэрикээн эмээхсин алаас сыһыытыгар ынахтарын сылгылыы киирбит. (Остуоруйаттан) 6. Бу ойуурга хантан килиэби ыллыҥ? (М. Пришвин) 7. Эһиги бу туох буоллу­ гут, эргиллиҥ, тоҕо куоттугут? (К. Чуковскай) 8. Биирдэ Күтэр Чыычаах икки кыттыспыттар. (Остуоруйаттан)
29
   
























































































   27   28   29   30   31