Page 35 - Саха тыла 4 кылаас 2 чааһа
P. 35
Туохтуур соруйар киэбэ
Баҕарыыны, көрдөһүүнү, ыҥырыыны, соруйуу ну көрдөрөр туохтууру туохтуур соруйар киэбэ диэн ааттанар. Тугу гын? хайаа? ыйытыыга хо руйдуур. Соруйар киэп элбэх ахсааныгар ҥ су руллар: оонньооҥ, ыллааҥ.
Биир ахсаан
Элбэх ахсаан
оонньоо тур олор сиэ
оонньооҥ туруҥ олоруҥ сиэҥ
1. Туохтуурдары бул, ыйытыытын туруор.
Дьон сылдьарын мэһэйдиир гына турума, утары иһэр дьоҥҥо уҥа кытыыны тутуһан бар. Улахан дьоҥҥо, кыр дьаҕастарга, кыра оҕолорго кыһамньылаах буол, болҕом тоҕун уур. Уопсастыбаннай миэстэлэргэ бэрээдэктээхтик сырыт.
yyТугу бэлиэтии көрдүҥ?
yyАһыырга аналлаах быраабылата оҥор, паапкаҕар ук.
2. Туохтуурдары элбэх ахсаан иккис сирэйигэр улары- тан, сыһыарыыларын бэлиэтээн суруй.
Аралдьыт, тардыалаа, кэпсэт, салай, тут.
3. Аат тыллартан туохтуур соруйар киэбин үөскэт. Кус, мас, хах, балык, бугул, кымньыы, сурук.
yyТыллар ситимнэрин оҥор.
35