Page 36 - Саха тыла 4 кылаас 2 чааһа
P. 36
4. Туохтуурдары соруйар киэпкэ уларыт.
Барыаҕа, бэлэмнэнэр, кэлбит, биэрбитэ, батыһар, үлэ
лээтэ, сылдьыбыт.
5. Соруйар киэпкэ турар туохтуурдаах өс хоһооннорун ситэр, суолталарын быһаар.
1. Мээнэҕэ , эрдэ кырдьыаҥ. 2. Саҥа рыаҥ иннинэ санаан . 3. Халлаантан ас түһүө диэн айаххын . 4. Кырдьаҕастан алгыһын, эдэртэн эйэ тин . 5. Ыстаабыккын , ыйыстыбыккын эрэн. 6. Хантайан туран , хараххар түһүө. 7. Дуг дуруй да, ! 8. Баайы кытта , быһыйы кытта .
6. Уһул. Туохтуурдары бул. Ахсаанын, сирэйин ый.
1. Бу күөх халлаан эйиэнэ, көт, көҥүлгүнэн сырыт. 2. «Мин маннабын, батыһан иһиҥ, — диир ийэлэрин куолаһа. — Оҕолоруом, кынатым анныгар киирэ охсуҥ!» (А. Федоров) 3. Оҕолоор, отоҥҥут угун ыраастык, аҥаардас сэбирдэҕин эрэ хомуйуҥ. (И. Сосин) 4. Ийэҥ ыарыһах, бука харыстаар, мэлдьи көмөлөһөөр. (У. Нуо- лур) 5. Хотоҥҥо от соһор салааска баара буолуо, ону илдьэ бар. (С. Данилов) 6. Көтөрдөр саҥаларын өрүүтүн иһиллиир буол! 7. Оҕускутун ол саҥа далга, быатын сө рөөн, ыытан кэбиһиҥ. (Е. Макаров) 8. Оҕонньор эппит: «Сымыйа кырдьык икки ардынан кэпсээннэ кэпсээ, оччоҕо биэриэм». 9. Дьиэлэригэр тиийиэхтэригэр диэри эмээх син хаста да олорон сынньанна. 10. Ийэлэрэ буоллахта рына тоҕо эрэ сөбүлэспэттэр. (Амма Аччыгыйа)
36