Page 38 - Саха тыла 4 кылаас 2 чааһа
P. 38
12. Бүттэ диэн тылы саҥа чааһынан ырыт. 13. Шарада.
Бастакы аҥаарым — өбүгэбит хаһаас аһа, Иккис аҥаарым — билии ыларга соруйуо, Табан холбоотоххуна,
Баттаҕы бэрийэр
Бэрт мал буолан хаалыам.
14. Хонтуруолунай устуу.
Хаар... Хаар биһиги кыраайбытыгар суолтата улахан. Хаар... хаар — уратыбыт. Хаар биһиги поэзиябыт! Хаар биһиги билгэбит. Хаардаах кыһын сыарҕа айана тупсар, хаардаах кыһын булт суолаииһэ көстүмтүө буолар. Хаар даах кыһын муус аннынан илимнээччилэр күннээччилэр — ойбон алларарга үчүгэй, муус наһаа халыҥаабат. Оттон хаһан ыраахтан айаннаан кэллэххинэ, көлөһүн иҥмит су куйгун, этэрбэскин, кээнчэҕин оһох сыралыгар тута биэр бэккэ, тоҕо эрэ күрдьүктээх хаарга ыһан кэбиһэҕин. Айаҥ ҥа аттаныаҥ аҕай иннинэ тэбээн, илбийэн киллэрэн, дьы барын таһаара түһээт, эмиэ болточчу таҥнан кэбиһэҕин эбээт. Хаар туох баар сытысымары, көлөһүнү оборон ылар, таҥаһы куурдан кэбиһэр.
Сэмэн Тумат
15. Дьиҥ уонна сирэй көрбөх хайҕаллар тустарынан кэп- сэтис, уратыларын быһаар.
yyХаннык хайҕалтан дьон ордук үөрэрэ буолуой? Тоҕо? yyЭн хайҕалы хайдах ылынаҕыный?
38