Page 39 - Саха тыла 4 кылаас 2 чааһа
P. 39

К3м3 туохтуурдар
Сороҕор икки тыл холбоһон, биир туохтуур буолар. Манна биир туохтуура бэйэтин тус суол­ татын сүтэрэн атын туохтуурга эбилик суолта биэ­ рэр. Маннык тыл көмө туохтуур диэн ааттанар. Х о л о б у р а: хаама турда, буолбут эбит, ааҕан эрэр, этэ оҕуста, баран хаалла.
1. Аах, тэҥнээ. Этиитэ толкуйдаа.
 көттө — көтөн таҕыста барда — баран хаалла көрдө — көрө биэрдэ
ааҕар — ааҕар буолбут бүттэ — бүтэрэн кэбистэ сүүрдэ — сүүрэ турда
yyТугу бэлиэтии көрдүҥ?
2. Туохтуурдары туруоран аах.
үһү эбит этэ эрэр
3. Тиэкискэ көмө туохтуурдары эбэн, уларытан аах.
Ыҥырыа күнү быһа көттө. Санаатыгар, сибэкки көрдүүр. Оттон кини дыыгыныыра биһиги хоспутугар хайыы үйэҕэ сайыны аҕалбыт. Киэһэ, хараҥа буолуута, тойон ыҥырыа били сыппыт хатырыгар кэллэ. Кини сибэкки үүнэ илиги­ нэ эрдэ уһуктубут. Онон аһылыга суох иэдэйдэ. Ол иһин
    39
     























































































   37   38   39   40   41