Page 41 - Саха тыла 4 кылаас 2 чааһа
P. 41

ньуларыгар кытарчы буспут отоннор хаххаланан сыппытта­ ра. Кыргыттар буспут бөдөҥ отону хап­сабар итигэстээн сыбыгыраппыттара. Ол итигэстии сылдьан, кыра иинэҕэс отону айахтарыгар түһэрэн, оттон бөдөҥ отону курууска­ ларыгар хомуйан иһэллэрэ.
7. Моҕотой туһунан кэпсээннэ суруй.
1. Хайдах сиргэ үөскүүрүй? 2. Өҥө­ дьүһүнэ, быһыыта­таһаата. 3. Тугунан аһылыктанарый? 4. Кыһыны хайдах туо­ рууруй? 5. Хайдах ууһууруй?
Туһаныллар тыллар: муку- руҥнуур, токуруҥнуур, субуруҥнуур, дьирикинэйэр, чурууктуур.
8. Ыйытыыга хоруйдаа.
Көмө туохтуур диэн тугу ааттыыбытый?
9. Буочаргын тупсар.
Кып­кыра уонна олус элбэх кумаардаах сайын —
үүнээйилээх өҥ сыл.
10. Санныттан түһэрбэт диэн өйдөбүл суолтатын бы­ һаарыылаах тылдьыттан бул.
11. Этиини саҥа чааһынан, этии чилиэнинэн ырыт.
Кинилэр лиҥкир мастаах ойуурунан алааска киирэн кэллилэр.
 41
      





















































































   39   40   41   42   43