Page 42 - Саха тыла 4 кылаас 2 чааһа
P. 42
12. Айанньыты диэн тылы састаабынан ырыт.
13. Талан дьыктаан. Туохтуурдары көмө туохтуурун кыт-
та суруй.
Күһүҥҥү нуһараҥ* күн. Самыыр сэллиисэллии* түһэр. Этэрбэһим бэллэччи сытыйан хаалла. Мин маннык нуһа раҥ күннэри таптыыбын. Кустар ардахтан кирийэн маар дарга, дүөдэлэргэ* бүгээччилэр. Мин дүөдэлэри кэрийэ сырыттым. Күн киэһэрэн барда. Биир дүөдэни өҥөс гына түһэбин. Тэйиччи соҕус үс кус аһыы сылдьарын көрөн, хаптас гынабын. Үөмэн киирдим. Өйдөөбүтүм — олус чу гаһаан хаалбыппын.
Николай Якутскай
yyБэлиэтэммит тыллар суолталарын быһаарыылаах тыл- дьыттан бул.
14. Аах.
Ардыгар киһи санаатын өрө күүрдээри, сүргэтин кө төҕөөрү хайҕабыл этиллэр.
Петя дьыктааҥҥа «2» сыананы ылан хомойдо. Учуута ла Мария Ивановна уоскутар:
— Петя, бу сырыыга сыыһаҥ аҕыйаабыт. Дьарыктам мытыҥ көстөр. Дьаныардаахтык дьарыктаныыҥ ситиһиигэ аҕалыа. Аныгыскы сырыыга ситиһиигиттэн үөрүөхпүт.
yyМария Ивановна ханнык тылларыттан Петя үөрүөй? yyЭн санааны көтөҕөр тыллары төһө туттаҕыный?
42