Page 43 - Саха тыла 4 кылаас 2 чааһа
P. 43
Хайаа ́ыны дьμ ́μннμμр туохтуурдар
Хайааһыны ойуулаан көрдөрөр тылы дьүһүн нүүр туохтуур дэнэр. Х о л о б у р а, ньылаҥ- ныыр, мукуруҥнуур, күөгэҥниир, дьырылыыр, лүһүгүрүүр.
1. Этиини аах. Туохтуурдары бул.
1. Эрбэһин быыһынан кутуйах, хороонугар бурдук куо лаһын аҕалаары, сыбыгырайар. 2. Мэкчиргэ тыаһа суох аллара диэки элээрэр. 3. Киргил туохтан эрэ үөрэн бы быгырыыр. 4. Отон угуттан бочугурас көтөн тирилиир. 5. Барабыайдар кыс мас оннуттан, сарай анныттан, эр бэһин быыһыттан бүтүн үөрүнэн көтөн тарыкынаһаллар. 6. Моҕотой иннин хоту сүүрэн хачыгырайда. 7. Кукаакы лар тугу эрэ саҥарасаҥара кутуруктарын тэрэҥнэтэллэр. 8. Билигин даҕаны кэҕэлэр куоталаһакуоталаһа этэн чор гуһаллар.
yyТугу бэлиэтии көрдүҥ?
2. Таабырыннары аах, фишкалар көмөлөрүнэн таай.
1. Сүүнэ нүһэр тайах Сүүс үрэх үрдүнэн Сүүрэн лүһүгүрүүр.
( ).
2. Аттааҕы да ситтин, Сатыыны да ситтин — Орулуур, мэҥириир
Ол аата: «Туораа», — диир. ( ).
3. Бөрө кутуруга мөлбөҥнөөн эрэр үһү. (
).
43