Page 44 - Саха тыла 4 кылаас 2 чааһа
P. 44
4. Ууттан булуллабын, Ууга суураллабын.
( ).
5. Дьиэ иһигэр муора уута бурулуйар да,
Сир сиигирбэт үһү. ( ).
3. Аах, хайааһыны дьүһүннүүр туохтуурдары бул.
Таһырдьаны санааммын Соммун кэтэн бохсойдум. Хаатыҥкабын анньынан Боспоруйа бойбойдум.
Салааскаҕа тиэйсиһэн Сосуһуохпутоонньуохпут, Хатыыскалаан тэлээрэн Томтор ньуурун оймуохпут.
Архыып Абаҕыыныскай
yyХоһоон сүрүн санаатын быһаар. Хатыыска туһунан уруһуйда оҥор.
4. Туохтуурдары кэлэр кэмҥэ уларыт.
Сайыҥҥы күн уота сыпсылааһынан угуттуур. Эмискэ хара былыт саба халыйда. Чаҕылҕан чаҕылыйар, этиҥ этэн лүһүгүрүүр.
Арыт субу үрдүбүтүгэр түһүөх курдук, суостаахтык ба чыгырыыр. Сотору тыал түһэн сирилэтэр. Мастар төбөлөрө иэҕэҥнэстилэр, ньургуһуннар силигирэстилэр, күөл үрдэ долгуннурда. Утаакы буолбата, аны ардахпыт ыаҕастаах уунан кутан курулатта.
Иннокентий Сосин
44