Page 45 - Саха тыла 4 кылаас 2 чааһа
P. 45
5. Этиилэри тэнит.
1. Халдьаайы хатыҥа дьылыгыраабыт. 2. Оҕонньор ньох чойбут. 3. Лаампа уота чаҕылыйбыт. 4. Кыталык кынтал дьыйбыт. 5. Коля эргичиҥнээбит.
6. Тиэкис саҕаланыытын уонна бүтүүтүн ситэр.
Афоня саҥата суох кэтэһэн олордо. Арай уу мэндээр кэй иэнэ биллэрбиллибэттик түллэҥниир, кыракый төгү рүктэр үтүрүйсэн, сүтэн ылаыла төгүрүҥнэһэллэр, оттон күөгү бэлиэтэ кыракыратык ибиргиир. Балыксыт сүрэҕэ тиҥиргэччи тэбэр. Ол икки ардыгар күөгүтэ уу түгэҕин диэки сурулуур. Сотору күөгүһүт күстэҕи, өрөҕөтүн кил бэҥнэппитинэн, күөрэтэн таһаарар.
Иннокентий Сосин
7. Ыйытыыларга хоруйдаа.
1. Дьүһүннүүр туохтуурдар диэн тугу ааттыыбытый?
2. Дьүһүннүүр туохтуур хайдах уларыйарый?
8. Буочаргын тупсар.
Уһун ардах түһэригэр сүүрүк күүгэннирэн устар.
9. Силигэ сиппит диэн өйдөбүл суолтатын быһаарыы лаах тылдьыттан бул.
10. Чаҕылыйбыт диэн тылы дорҕоонунан ырыт. 11. Кистиэҕэ диэн тылы саҥа чааһынан ырыт.
45