Page 68 - Саха тыла 4 кылаас 2 чааһа
P. 68

 2. Тыллар ситимнэрин оҥор.
(Хаста?) ылла, (хаста?) буолла, (хаста?) оҥордо, (хас-
та?) сырытта, (хаста?) көрдө, (хаста?) аахта. yyЭтиилэрдэ толкуйдаа.
3. Сыһыаттары ситэрэн этиилэри уһул.
1. Ньургун мээчигин халт.. тэптэ. 2. Эбэм чааскытын үлт.. түһэрбит. 3. Сибиинньэбит уотурбанан аһаан дэлб.. уойбут. 4. Эһэм алааһын диэки аа­дь.. хаамта. 5. Үчүгэй сурах соһучч.. иһилиннэ. 6. Кыыс отону илдь.. ныһыйда. 7. Эн бу үлэни булгучч.. толороҕун.
yyСыһыат ханнык ыйытыыга хоруйдууруй? 4. Сыһыаттары бу курдук суруй.
үчүгэй — үчүгэйдик кыра —
куһаҕан —
бытаан —
аҕыйах — ыраас — элбэх — көрдөөх —
yyСөбүлээбит сыһыаккын туттан этиитэ толкуйдаа. 5. Сыһыаттары бул, ыйытыыта туруор.
1. Үөрэхпин үчүгэйдик саҕалаабыппыттан олус үөрэ­ бин. 2. Чочумча турбахтаан баран биирдэ саҥарда. 3. Сымыйа буолуо, кутуйахтар хаһан миигин утары көрөн, түүбүн үргүөхтэрин сөбүй. 4. Ыраах да буолар эбит, олус аччыктаатым уонна утаттым. 5. Өстөөхтөрүн утары кимэн киирдилэр. 6. Биһиги үһүө этибит. 7. Хас да хонугунан миигин көрөөт, утары сүүрэн кэлэр буола үөрэммитэ.
 68
   





















































































   66   67   68   69   70