Page 70 - Саха тыла 4 кылаас 2 чааһа
P. 70

12. Тыл аайы ыйытыыта туруор.
Сотору улахан төгүрүк күөлгэ тиийбиппит.
13. «Квадрат» оонньуу.
Сытыары:
1. Наадата суох эрээри киирбит. 3. Тэйиччи соҕус бар.
Туруору:
1. Аттыбар аҕал.
2. Муҥхалаан ... балыгы ылбыттар.
14. Аахпыттан суруйуу.
СЭТТЭ КЫТАЛЫК
Сордоҥ хомото диэн ааттаах эбэ Индигиргэ баар. Мин бу эбэҕэ саас аайы балыктыыбын. Биир сарсыарда илим көрөөрү турдахпына, кыталыктар саҥарсаллар. Сотору соҕус ыллаан кыҥкынастылар. Сарсыардааҥҥы дьыбарга куоластара хатана, истиэххэ кэрэтэ, үчүгэйэ сүрдээх. Мин ырыа хоту сүүрдүм. Сип­синньигэс, кып­кыһыл, уп­уһун атахтаахтар. Кынаттарын төбөтүгэр харалаахтар. Кынат кы­ наттарыттан тутуспут курдуктар. Сэттэ кыталык аргыый эр­ гийэ хаамаллар. Кыҥкыначчы ыллыыллар, төбөлөрүн хам­ саталлар.
yyСахабыт сирин маанылаах көтөрдөрүн харыстыырга аналлаах былакаатта оҥор, паапкаҕар ук.
15. Дьиэҕэр истэр бобууларгын өйдөө уонна суруй.
yyДьиэҕэр тоҕо маннык бобуулар баалларый? yyЭн бобууну хайдах ылынаҕыный?
 1
           2
                2
           70
       
















































































   68   69   70   71   72