Page 95 - Саха тыла 4 кылаас 2 чааһа
P. 95

барыам. 4. Биһиги ойуурга уһуннук сырыттыбыт. 5. Уба­ йым куһу иккитэ субуруччу ытта. 6. Күммүт сылыйан, оҕолор таһырдьаттан киирбэт буоллулар. 7. Хараҥаттан олус куттанным, ол иһин соруйан ыллаан бардым.
7. Ыйытыыларга хоруйдаа.
1. Этии ойоҕос чилиэннэрэ диэн тугу ааттыыбытый?
2. Ханнык этии ойоҕос чилиэннэрин биллиҥ?
8. Буочаргын тупсар.
Саас эрдэ бытархай, хара өҥнөөх бырдахтар элбэхтик
көттөхтөрүнэ — өҥ, үтүө сайын кэлэр.
9. Тымныы муоһа тостор диэн өйдөбүл суолтатын бы­ һаарыылаах тылдьыттан бул.
10. Таһырдьаттан диэн тылы дорҕоонунан ырыт. 11. Исхиэмэҕэ сөп түбэһэр этиитэ толкуйдаа.
.
      12. Метаграмма.
Соҕуруу дойдуттан сааскы кэмҥэ Бүтүн үөрүнэн көтөн кэлэбин. Инники дорҕооммун уларытыаҥ, Оҕону ытатыам­соҥотуом.
Ол дорҕоону атынынан солбуйуоҥ, Үлэҕин, хамнаскын чопчулуоҥ, Бэрээдэккэ үөрэтиэҥ.
Таайыҥ ханнык тыл буоларбын.
95
       



















































































   93   94   95   96   97