Page 96 - Саха тыла 4 кылаас 2 чааһа
P. 96

13. Манчаары мэтириэтин дьиэҕэр нойосуус үөрэт, өйтөн суруй.
МАНЧААРЫ ТАС К£СТ¥¥ТЭ
Уһун соҕус сомоҕо эттээх сирэйдээх, арыы­саһыл хааннаах, хап­харанан эриличчи көрбүт харахтаах, умсары соҕус үрдүк сүүстээх, киэҥ таныылаах, үрдүк соҕус кы­ рыылаах муннулаах, куппут курдук толору былчыҥнардаах, тилэри тэбэн тахсыбыт өттүктээх, синньигэс соҕус биил­ лээх, кулуһун курдук көбүс­көнө, сып курдук быһыылаах­ тутуулаах, уҥуоҕунан орто улахан киһи.
Алампа
yyЭтии ойоҕос чилиэнин туһунан туох саҥаны биллиҥ? yyНомоххо киирбит саха күүстээх дьонун туһунан иһи­
тиннэриитэ оҥор, паапкаҕар ук. 14. Сыанабыллары сымнатан суруй.
1. Үлэҕитин наһаа көтүмэхтик оҥорбуккут. Көннөрүҥ. 2. Таҥаскын эмиэ ыйаабатаххын. Ыһыллаҕас да оҕоҕун. 3. Хааһыны аһара туустаабыккын. Мин туустааҕы сөбү­
лээбэппин.
yyЭн төһө сиэрдээхтик сыаналаатыҥ?
 Өйдөө! Кырдьыгы ылыннарыылаахтык, эйэ дэм­ нээхтик этии киһини өһүргэппэт.
Киһи сыыһатын ыйаргар өһүргэппэт ту­ һугар эйэҕэс тыллары кыбыт.
 96
      






















































































   94   95   96   97   98