Page 10 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 1 КЫЛААС
P. 10
Туундарам буобура уорҕатынан
Туйгун миҥэни ньуоҕулуубун.
Кынаттаах уучаҕым — сөмөлүөтүм
Туйаҕын тыаһынан куугунуубун.
Күөллэрим эккэлиир лаайкалыы
Көтүөккэлээн, көстөн кэлээт этэллэр:
«Чугдаарар туйахтааҕынан тарыы
Тулабытынан хаһан сүүрдэр?»
Саҕаҕа-муҥура биллибэт
Саймаархай киэҥ алыыларым:
«Сыарҕатын сыҥааҕын ырыата
иһиллибэт» —
диэн саныылларын өйдөөн аастым.
Сындыыс сыҥаһа сыырдарым
Саныыр санааларын ньим баттаан,
Ый кырыатын кырыытын курдук,
Ыйыстан-сөҥүөрэн сыталлар.
Миинэр миҥэм туйаҕын тыаһа
Эдэр этиҥнии ньирилиир.
Бу саҥа үйэм куолаһа